Ыйдаҥалаах киэһэ

Ыйдаҥалаах киэһэ, дьиэҕэр атааран иһэн
Көрдөрбүтүм, эйиэхэ сулустары
Эппитин эн миэхэ, сулустар хастарын
Онтон эйиэхэ, биирдэстэрин бэлэхтиэм
Эйиэхэ, биирдэстэрин, бэлэхтиэм

Оргуйдук мин кууһуом, кулгааххар сипсийиэм
Эн миэхэ туохтан да, күндүгүн диэн
Таптыыбын диэн, күндү киһим диэн
Бырастыы, эрдэ хомоппут кэмнэрбин
Таптыыбын диэн, күндү киһим диэн
Бырастыы, эрдэ хомоппут кэмнэрбин

Ыйдаҥалаах киэһэ, дьиэҕэр атааран иһэн
Көрдөрбүтүм, эйиэхэ сулустары
Эппитин эн миэхэ, сулустар хастарын
Онтон эйиэхэ, биирдэстэрин бэлэхтиэм

Эйиэхэ, биирдэстэрин, бэлэхтиэм



Credits
Lyrics powered by www.musixmatch.com

Link